АЛГЫС Матвей ЕВСЕЕВКЭ
Благословение от народа Якутии - Матвею Николаевичу Евсееву
АЛГЫС Матвей ЕВСЕЕВКЭ
Эн санааҥ күүһүнэн халлааны
Силэйэр аналлаах Уолаҥҥын,
Эн өркөн өйгүнэн байҕалы
Тургутар тускуллаах Доҕоргун.
Үлэни, сайдыыны дьүөрэлээн
Үтүөнү үксэппит суоллааххын,
Хара дьай харгыһы нөҥүөлээн
Саханы үрдэппит ааттааххын.
Эйиэхэ эрэлбит туолуохтун,
Ахсаабат алгыспыт тиийиэхтин:
Өрөгөй соргулаах түгэнин
Эр тойон сүрэҕиҥ билиэхтин!
Кыайыыга тирэҕиҥ бэлиэтэ -
Бар дьонуҥ махтала буолуохтун,
Маҥан ат дьоруотун долгуна
Айаҥҥын арыаллыы сылдьыахтын.
Эр хааҥҥар өбүгэ дьулуурун
Удьуордуур сүүрээни таайабыт,
Иннигэр - олоҥхо дойдутун
Кэхтибэт кэскилин көрөбүт!
25.05.16
Норуод Алгыьа!
В сюжете: АЛГЫСМатвей ЕвсеевАЛРОСА